МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

“Сандал сааһы уруйдуох!”

Күн уотуттан сыралыйан сыламнаан

Чоп-чоп таммахтар буолан

Кырыысаттан кылыйан.

Хаар, хаар барахсан

Көмүрүө буолан ууллан,

Харалдьык буолан

Сүүрүк буолан чурулаан

Туллук чыычаахха олорсон,

Тиийэн кэллэ сандал саас!

Кыыдааннаах кыһыммыт бүтэн, чаҕылыйбыт күннээх сандал сааспыт кэлбитин көрсө тэрилтэ үлэһиттэрин кэрэ аҥардарын икки ардыларыгар “Сандал сааһы уруйдуох” күрэх ыытылынна. Бу күрэххэ уопсайа үс хамаанда кыттыыны ылла: Олохтоох дьаһалта, ФАП, Майаҕас орто оскуолата уонна Чуораанчык оҕо уһуйаанын хамаадалара. Барыта биэс түһүмэхтэн турар сүүрүүлээх-көтүүлээх күрэс түмүгүнэн кыайылааҕынан оскуола кэллэктиибин кыргыттара, иккис миэстэ олохтоох Дьаһалта уонна ФАП сүүмэрдэммит хамаандата, үһүс миэстэ Чуораанчык оҕо уһуйаанын кэллэктиибэ ылары ситистилэр.

Ону таһынан биирдиилээн күрэхтэргэ анал аат хаһаайыннарынан буоллулар «Саамай, саамай улахан былаат» — Марита Егоровна Тролукова, Евдокия Гуляева; «Саамай, саамай кыраһыабай кокошник» — Милана Скороходкина; «Саамай, саамай киэргэтиллибит хаатыҥка» — Светлана Егоровна Мигалкина.

Добавить комментарий