Кулун тутар 7 күнүгэр Саха сиригэр «Булчут» күнүгэр, Уус-Алдан улууһугар «Аҕа сылын» чэрчитинэн Хоро нэһилиэгин эр дьонугар аналлаах «Булчут күрэҕэ» бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Уопсайа үс хамаанда биэс көрүҥҥэ илин-кэлин түсүһэн күөн көрүстүлэр. Ол курдук аҕам саастаахтар «Алгыс», олохтоох орто оскуола «Бэргэн» уонна эдэр ыччат «Булчут» хамаандалара.
Бастакы түһүмэххэ бириэмэҕэ кутаа уоту оттон уу оргуттулар. Манна «Бэргэн» хамаанда уута эрдэ оргуйан кыайыылааҕынан буолла.
Иккис түһүмэх хааманданан эстафета:
-Тоҥ хаарынан сүүрүү;
-Туут хайыһарынан сүүрүү;
-Салгын саатынан сыалы табыы;
-Дулҕанан сүүрүү… Эстэпиэтэ түмүгүнэн 4.09 мүн. бириэмэни көрдөрөн «Булчут» хамаанда бастаата.
Үһүс түһүмэх ойбон алларыыта. Муус халыҥа ортотунан ыллахха 1 миэтэрэ эбит, 40см диаметрдаах шаблонунан ойбон тэһилиннэ. Манна 5 мүн. 18 дэһ. тэһэн «Булчут» хамаанда бастаата.
Төрдүс түһүмэххэ балтараа чаас устата куйуур күрэҕэ буолла. Бу түһүмэххэ уопуттаах, күөл оломун, балык ханна тохтуон сөптөөх сирин билэр аҕам саастаахтар «Алгыс» хамаандалара кутуругунан 200тэн тахса балыгы хостоон кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Бэһис түһүмэххэ хамаанданан хомуур хапсаҕайга «Бэргэн» хамаанда эрэллээхтик бастаата.
Анал номинациялар:
- «Бэргэн ытааччы» — Прокопий Трулин «Алгыс»;
- «Бастыҥ ойбон алларааччы» — Дмитрий Андросов «Булчут»;
- «Бастыҥ куйуурдьут» — Василий Аргунов «Алгыс»;
- «Улахан собо» — «Булчут» хамаандата;
- «Бастыҥ кутаа уоту оттооччу» — «Бэргэн» хамаандалара буоллулар.
Уопсай түмүккэ 11 очколаах 3 миэстэни «Алгыс» хамаанда, 10 очколаах 2 миэстэни «Бэргэн» уонна кыайыылаа5ынан 9 очколаах «Булчут» хамаандалара буоллулар.
Күрэхтэһии кыттыылаахтарын, көрөөччүлэрин минньигэс эбиэтинэн (кус миининэн, борщунан, пловунан) күндүлээбит олохтоох дьаһалта уонна «Түмсүү» норуот айымньытын киинин кэрэ аҥардарыгар, эбиэккэ анаан эмис куһунан хааччыйбыт Анатолий Скороходкиҥҥа, күрэхтэһиини сүүрэн-көтөн тэрийбит олохтоох дьаһалтаҕа, спорт инструктор Гаврил Кычкиҥҥа барҕа махтал буолуохтун!
«Булчут күрэҕин» бу ссылканан киирэн көрүн…https://youtube.com/watch?v=3QWRHFtYGOc&feature=shared