МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

«Хороҕо Саҥа Дьыл»

Тохсунньу 3 күнүгэр нэһилиэкпит аҕам саастаах көлүөнэ дьонугар тиийэн кэлбит 2024 сылы көрсөр биэчэр буолан ааста. Олохтоох түөлбэ кырдьаҕастарыгар Хоро нэһилиэгин Аҕа баһылыга А.А. Ушницкай, Хоро нэһилиэгин «Алгыс» бэтэрээннэр сэбиэтин салаайааччыта П.Н. Трулин, Уус-Алданнааҕы «Саха көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа» дириэктэрэ В.В. Копырин эҕэрдэ тылларын эттилэр, анал наҕараадалары уонна махтал суруктары туттардылар. Бу киэһэни «Хаарчаана» көрдөөх куонкурус, маассабай оонньуулар, эҕэрдэ нүөмэрдэр сэргэхситтилэр.

Добавить комментарий