МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

«НОРУОТ КҮҮҺЭ — КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ»

04.11.2022

Сэтинньи ый 4 күнүгэр киэһээ 19:00 чаастан Майаҕастааҕы «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр быстах хомуурга ыҥырыллан Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыт биир дойдулаахтарбыт Иннокентий Николаевич Бурцев, Дмитрий Аркадьевич Крылов, Коммунар Дмитриевич Крылов, Сахаян Михайлович Иванов уонна кинилэр дьиэ-кэргэттэригэр көмөлөһөр соруктаах «НОРУОТ КҮҮҺЭ-КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ» аахсыйа кэнсиэр буолан ааста.  

Хоро нэһилиэгин Аҕа баһылыга Алексей Алексеевич Ушницкай нэһилиэк олохтоохторугар бу уустук кэмҥэ түмсүүлээх буоларга, уолаттарбыт этэҥҥэ дьиэлэригэр — уоттарыгар эргиллэллэригэр баҕа санаатын эттэ уонна нэһилиэкпит эр дьоно түмсэн, хомуллубут 67 700 солк. кээмэйдээх көмөлөрүн туттарда. Ону тэҥэ нэһилиэкпит олохтоохторо аахсыйаҕа 25 000 солк. кыттыстылар. Уопсайа 92 700 солк. сууммалаах харчынан көмө киирдэ.

Биир санаанан салайтаран, биир сомоҕо буолан бука бары аахсыйаҕа кыттыспыт бар дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Добавить комментарий