МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

«Таптыыбын САХАМ СИРИН»

27.04.2020

Саха Республикатын күнүн көрсө «ТАПТЫЫБЫН САХАМ СИРИН» онлайн-уруһуй күрэҕэр уопсайа 10 кыттааччы кыттыыны ылла.

Күрэххэ балаһыанньа быһыытынан үс кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ол курдук, Инстраграм (Instagram)  страница нөҥүө саамай элбэх 347 куолаһы ылан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааты ылары ситистэ Сайаан Бурнашев уонна дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан улахан дьоҥҥо Саргылана Афанасьева, оҕолорго Айрина Кузьмина бастакы миэстэни ыллылар.

Күрэх кыттааччыларыгар улахан эҕэрдэ, көтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Добавить комментарий