18.03.2020
Түөрт сыл устата, күнү-түүнү тохтообокко, ССРС дьонун-сэргэтин алдьархайдаах уоттаах сэрии кэлэн аймаатаҕа, сорго-муҥҥа тиксэрдэҕэ. Ол кэмнтэн номнуо 75 сыл ааста. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыайбыт, Улуу Кыайыы өрөгөйүн аҕалбыт биир дойдулаахтарбыт албан ааттара үйэлэргэ умнуллубат! Кинилэр – хотойдуу охсуһан сэрии хонуутугар охтубут геройдар, кинилэр – ыарахан сыллары туораабыт дойдубут киэн туттар хорсун-хоодуот улуу буойуннара!
Киэн күннээх Туймаада эбэ хочотугар, республикабыт килбэйэр киинигэр, дьоллоох Дьокуускай куоратыгар саҕаламмыт Кыайыы Былааҕын эстафетата бүгүҥҥү долгутуулаах күҥҥэ Уус – Алдан улууһугар салҕанар. Ити Улуу Кыайыы өрөгөйүн туоһулуур, бүтүн Россия дьонун-сэргэтин бииргэ түмэр бэлиэ түгэнинэн буолар.
Кулун тутар 18 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр Кыайыы кыыһар Кыһыл знамятын көрсөр торжественнай митинэ буолан ааста.