Саха сиригэр «Оҕо саас» сылын чэрчитинэн олунньу 14 күнүгэр Майаҕастааҕы «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр» аналлаах тэрээһин ыытылынна. Мындаабатааҕы оҕо спортивнай орто оскуолатыттан уонна В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕастааҕы орто оскуолатыттан уопсайа 31 оҕо кыттыыны ылла. Кэлбит кыттааччылар оскуолаларын, хамаандаларын билиһиннэрдилэр, бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэһэн музыкальнай нүөмэр бэлэхтэстилэр. Салгыы «Толкуйдаа, Оонньоо, Кыай», «Өбүгэ оонньуулара», станцияларынан «Квест» оонньууларга олус көхтөөхтүк кытыннылар. Кыайыылаахтар грамоталарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Тэрээһин доҕордоһуу биэчэринэн түмүктэннэ.