МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

Аан дойду дьахталларын кунэ

07.03.2019

Кулун тутар 7 кунугэр Геройдар сылларынан уонна Аан дойду дьахталларын кунунэн уеруулээх чааьыгар Сэрии ветеранын огдооботун, Герой ийэтин, Улэ ветеранын, Хоро нэьилиэгин бочуоттаах олохтоо5ун Копырина Анастасия Николаевнаны, Хоро нэьилиэгин баьылыга Ушницкий Алексей Алексеевич, о5олоро, чугас дьоно-айма5а  э5эрдэлээтилэр.

Местникова (Копырина) Анастасия Николаевна от ыйын 1 кунугэр 1932 сыллаахха Уус-Алдан улууьун Курбуьах нэьилиэгэр Окоемовка5а Местников Николай Андреевич уонна Местникова Евдокия Ивановна ддьиэ кэргэттэригэр тердус о5онон кун сирин кербутэ.

1951 сыллааххха Копырин Николай Иннокентьевичтыын Хоро нэьилиэгэр Майа5аска ыал буолан бур-буруо таьааран 49 сылы быьа ииллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн буолан, 16 о5ону теретен атахтарыгар туруортаан, улэьит утуетэ онортоон араас идэлэринэн улэлии-хамсыы сылдьаллар. 33 сиэн, 28 хос сиэн, 1 хос-хос сиэн амарах эбээтэ.

Ону тэнэ бу киэьээ биьиги ийэлэрбитигэр, оло5у бэлэхтээбит аанньалларбытыгар истин махтал тылларын анаан туран, Хоро нэьилиэгин элбэх о5олоох ийэлэригэр сибэкки чербетун туттарда Хоро нэьилиэгин баьылыга Ушницкий Алексей Алексеевич

Бу киэьээ уьус чааьа — Аан дойду дьахталларын кунун керсе, бырааьынньыктаа5ы э5эрдэ кэнсиэр буолла.

Добавить комментарий