Тохсунньу 8 күнүгэр Хоро нэһилиэгин эр дьонугар үгэскэ кубулуйбут «Хоро нэһилиэгэ» ТТ Аҕа баһылыгын бирииһигэр парнай күрэх буолан ааста. Ол эбэтэр үс көрүҥҥэ бильярд, дартс уонна буулдьанан ытыыга барыта 10 кыттааччылаах 5 хамаанда күөн көрүстэ. Бэрт сэргэх, ыһыылаах-хаһыылаах, күүстээх киирсиилэр буоллулар. Үс көрүҥ түмүгүнэн 3 миэстэни Аркадий Трулин, Филипп Сивцев, 2 миэстэни Анатолий Скороходкин, Григорий Охлопков, кыайыылаах 1 миэстэни Дмитрий Андросов, Николай Костромин пааралара ылары ситистилэр. Кыайыылаахтар мэтэтээллэринэн, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Күрэҕи тэрийбит олохтоох дьаһалтаҕа махталбытын биллэрэбит!







