Быйыл ыам ыйын 25 күнүгэр Саха сиригэр Оһуохай күнэ аан маҥнайгытын бэлиэтэннэ. Бу күн Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр бэлиэтэммитэ.
Оһуохай — сахалар былыргы үҥкүүлэрэ. Сиэри-туому тутуһууну кытта ситимнээх. Былыргы сахалар аан дойдуну көрүүлэрэ бу үҥкүү хамсаныыларын нөҥүө биллэр.
Элбэх киһи эргимтэҕэ туран анал хатыланар хамсаныылары оҥоро-оҥоро уонна ыллыы-ыллыы күн хоту эргийэллэр. Үс чаастан турар. Саҕалааһын — таһаарааччы дьону ыҥырар, бытаан үҥэр хамсаныылар оҥоһуллаллар. Иккис аҥаара — хаамыы үҥкүү — былыр айаны ойуулуур эбит, оһуохай саамай уһун чааһа. Манна сэниэлээх хамсаныылар баар буолаллар, дэгэрэҥ ырыа ылланар. Үҥкүүһүттэр илиилэрэ-атахтара буруһууна курдук хамсыыр. Оһуохай үһүс чааһа — көтүү. Үҥкүү чыпчаала. Саамай кылгас ол гынан баран саамай өрө көтөҕүүлээх. Дьон ойуолаһан бараллар. Көтүү үҥкүү (киэҥник ыллаахха — ыһыах) сүрүн санаатын ситиһэр — айыылары кытта биир буолуу, санаа бөҕөргөөһүнэ.
Оһуохай күнэ Хоро нэһилиэгэр В.Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕастааҕы орто оскуола тиэргэнигэр ыытылынна. Манна үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ уопсайа сүүстэн тахса киһи тоҕуоруһа түмсэннэр оһуохайдаатылар. Оһуохайы таһаарааччылар Майаҕастааҕы «Түмсүү» НАК испэсэлииһэ Гуляева Ангелина Мичил, Майаҕастааҕы орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ Милена Гоголева, Майаҕастааҕы орто оскуола 4 кылааһын үөрэнээччитэ Айыллаана Тарабукина.