МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

«Улуу Кыайыыны Уруйдуубут!»

Хоро нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Кыайыыны уһансыбыт, Ийэ дойдубут олоҕун оҥкулун уурсубут, үтүө-мааны кыайыылаах көлүөнэҕэ, дойдуларыгар тапталларын уонна уоттаах сэрии  хонууларыгар хорсун быһыыларын иһин, кинилэр үрдүк ааттарыгар барҕа махтал тылбытын этэбит!

Ыам ыйын 9 күнүгэр, “Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат!” диэн ааттаах Улуу Кыайыы күнүн арыйар митиинигэр Хоро нэһилиэгин аҕа баһылыга А.А. Ушницкий сэрии кэмин оҕолорун Октябрина Ивановнаны, Антонина Николаевнаны, Степан Степановиһы эҕэрдэлээтэ, махтал суруктары туттарда.

Хоро нэһилиэгиттэн Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии уоттаах толоонугар эдэр чэгиэн  70 киһи ыҥырыллан барбыттара. Кинилэртэн күөгэйэр күннэригэр сылдьан 24 эдэркээн уолаттар сырдык тыыннарын Кыайыы иһин толук уурбуттара. Төрөөбүт төрүт буордарыгар 43 киһи Кыайыы көтөллөөх төннөр дьолу билбиттэрэ.  Сэриигэ киирбэккэ оһоллонон, ыалдьан 3 киһи төннүбүтэ.

Эйэлээх халлаан туһугар олохторун толук уурбут буойуттарбыт кэриэстэригэр өйдөбүнньүк гирлянда, сибэкки дьөрбөтүн  ууран, Кэриэстэбил мүнүүтэтин биллэрэн өйдөөн-санаан аастыбыт.

“Хонуу кухнята” тэриллэн ыҥырыылаах ыалдьыттары Улуу Кыайыыны уруйдуур, кыайыы алаадьытынан, саллааттар хааһыларынан күндүлээтибит. Киэһэтин Кыайыы болуоссатыгар дьоллоох олох туһугар олохторун толук ууран, сэрии толоонугар охтубут буойуннары кэриэстиир “Свеча памяти” акция ыытылынна.

Добавить комментарий