МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

СИБЭТИЭЙ БАЛАНТЫЫН КҮНЭ

14.02.2021

Олунньу 14 күнэ СИБЭТИЭЙ БАЛАНТЫЫН КҮНЭ таптаһар сүрэхтэргэ олус суолталаах уонна истиҥ бырааһынньык буолар!

«Көмүс урууну иккиэн бииргэ көрсөр» диэн киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт дьылҕа күндү бэлэҕэ буолар, ол курдук нэһилиэкпитигэр ытыктыыр дьиэ кэргэттэрбит үйэлээх тапталлара 57 сыл буолбут Сэрии кэмин оҕолоро, Үлэ бэтэрээннэрэ, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо Григорий Григорьевич I, Октябрина Ивановна Петровтар 2020 сылга ыал буолан олорбуттара 50 сыл, Кыһыл көмүс сыбаайбалаах Хоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ бэтэрээнэ Михаил Тимофеевич кэргэнэ Үлэ ветерана Галина Ивановна Копыриннар буолаллар! Ыал аатын ааттатан, туспа бур-бур буруо таһааран дьоллоох-соргулаах үйэлээх тапталгытынан, кыһыл көмүс сыбаайбаҕытынан ытыктыыр мааны дьоммутун өссө төгүл эҕэрдэлиибит!

2020 сыллаахха эдэркээн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан таптаһан, олохторун дьоро киэһээнэн холбообут Ангелина, Сергей Гуляевтар уонна Дайаана, Дьулус Андросовтар буолаллар. Баҕарабыт дьылҕа хаан анаабыт мааны бэлэҕин сыаналааҥ, олоххут устун сэргэстэһэ айаннааҥ, бэйэ-бэйэҕитин өйдөһөн-өйөһөн, үгүһү-элбэҕи тута үлэлээн, оҕо-уруу төрөтөн саха мааны ыала буоларгытыгар баҕарабыт! 

Добавить комментарий