29.11.2020
Арассыыйа Ийэлэрин күнүнэн, «Түмсүү» НАК иһинэн улэлиир бильярднай кулууп эр дьоннорун аатыттан, элбэх оҕолоох нэһилиэкпит күн-күбэй ИЙЭЛЭРИГЭР сибэкки дьербөтүн бэлэх ууннулар.
Ону тэҥэ, Сахабыт Сирин атын оройуоннарыгар олорор биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрин Истиҥ илдьиттэрин — видео көмөтүнэн куйаар ситимин нөҥүө эҕэрдэлээтилэр.
Убаастабыллаах ийэлэрбитин өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт эһиэхэ туох баар кэрэни, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, сырдык, ыраас халлааны, үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, дьолу-саргыны! Куруук үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьын!