МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "МАЯГАССКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА "ТУМСУУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ХОРИНСКИЙ НАСЛЕГ"

19.02.2020

Бу дьыл олунньу ый 19 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха Сиригэр Патриотизм, Уус-Алдан улууһугар Кыайыы уонна ситиһии, Хоро нэһилиэгэр Патриотизм сылларын арыйар тэрээһин буолан ааста.

Бу киэһээ солбуйар баһылыкка Ноговицын Родион Семеновичка Хоро нэһилиэгин депутаттара үөрүүлээх быһыыга-майгыга Патриотизм сылын эмблематын туттардылар.  Ону тэҥэ, суруйааччы, драматург Василий Андреевич Протодьяконов-Кулантай айымньытыгар олоҕуран, Майаҕастааҕы орто оскуола драмкуруһуогун иитиллээччилэрин кыттыылаах «Эргиллиэм» дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Биэчэр эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.

Добавить комментарий